Сомоҕотто-С.И.Николаев - сахаҕа сэдэх киһи этэ
Норуодунай поэт Савва Тарасов «үтүө киһи барахсан үөлэһэ кыымнаах, үйэ да ааһан баран өрүү ыҥырардаах...» диэн эппитинии, С.И.Николаев-Сомоҕотто кэргэнэ, тыыл уонна педагогическай улэ бэтэрээнэ В.Н.Сафонова ученай төрөөбүтэ 90 сааһын туоларыгар кини аатын үйэтитэн, кэнэҕэски ыччакка тириэрдээри, удьуор утумун салҕаары, ученай илиинэн суруйууларын хомуйан-бэрийэн элбэх кинигэни таһаардарда. Бу биир киһи холугар кырата суох үлэ буолар. Элбэх сыраны-сылбаны эрэйэр. Варвара Николаевна оҕолорун көччөх гынан улаатаннаран баран, үлэтэ үмүрүйбүтүн кэннэ, 46 сыл бииргэ олорбут доҕорун хаалларбыт үлэтин бэрийэн бу сылга 4 кинигэни таһаартарда. Биһиги биир дойдулаахпыт, сахаттан бастакы үөрэхтээх ученай-этнограф С,И.Николаев-Сомоҕотто туһунан ахтан-санаан ааһабыт.
Кини 1923 сыллаахха балаҕан ыйын 1 күнүгэр орто бааһынай дьиэ кэргэнигэр Ньурба улууһугар, Акана нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини Хардаҕас аҕатын ууһуттан тардыылаах. Сэмэн оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитэ. Кинини оҕо эрдэҕиттэн абаҕата Алас Иван Михайлов үөрэххэ дьоҕурдааҕын иһин, ааҕарга-суруйарга үөрэппит.
Ол иһин кинини «ииппит аҕам, гувернерум» диэн ааттыыра. Алас бэйэтэ ураты киһи эбит. Кини Бодойбоҕо сылдьан, Сэбиэскэй былааһы утаран (хойут, Сэбиэскэй былаас бөҕөргөөбүтүн кэннэ), сууттанан Беломорскай-Балтийскай канал тутуутугар сылдьыбыт. Архангельскай куоратынан муустаах муоранан Саха сиригэр кэлэ сатаабыта сатамматах. Ол иһин хаартынан дьарыгыран Европаны, Сибиири, Орто Азияны кэрийэн кэлбит. Төрөөбүт нэһилиэгэр 30-с сыллар ортолоругар кэлэн олохсуйбут. Тылга дьоҕурдаах оҕону Сомоҕоттону, эрдэттэн өтө көрөн, атын омук тылларын үөрэтэригэр сүбэлиирэ. «Учи языки, они не только средство общения, но и способ самовыживания. Со знанием языков ты нигде не пропадешь. Это знание всегда прокормит тебя. Языки содержат в себе кормящее начало». (Скрипин В.Г. Якутский Гумилев: Сомоготто...) Алас уһулуччу ураты өйдөөх буолан тоҥустуу, черкестии, татаардыы, армянныы, кытайдыы, кэриэйдии, дьоппуоннуу, английскайдыы, голландскай тыллары, угро-самодийскай норуоттар: ненец, ханты, манси, коми-зырянов тылларын олус бэркэ билэрэ. Бу тыллары билэригэр киниэхэ 3 ый курдук барара.
Сомоҕотто Марха оскуолатыгар 5-7 кылаастарга үөрэнэ сылдьан нууччалыы Жюль Верн, Вальтер Скотт, Виктор Гюго, Майн Рид о.д.а. суруйааччылар халыҥ кинигэлэрин ааҕан доҕотторугар кэпсиирэ. Учууталлара, оскуола директора: «Оҕолортон таһыччы оҕо, хайаан да үөрэхтээх киһи тахсыаҕа»-дииллэрэ. 1939 c. Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ киирбитэ, бастакы курстан үчүгэйдик үөрэммитэ. Мунньахтарга нууччалыы тыл этэрэ, мөккүһэр буолбута. Ис хааныттан эрчимнээх, ону-маны билэ сатыыр, элбэх уустук литератураны аахпыт, өйдөөх сытыы уол этэ диэн ахталлар. 1942с. ийэтин Дарья Михайловнаны уонна балтыларын Настяны, Аняны, Еленаны илдьэ баран, Үөһээ Бүлүү оройуонугар нуучча тылын учууталынан үлэлиир. 1946с. сэрии кэнниттэн баара-суоҕа 23 саастаах эдэр киһи Ташкент куоракка баар Среднеазиатскай университетка киирэр. Бу университет 1918 с. Народнай университет быһыытынан аһыллыбыт, онтон 1920 с. Туркестанскай, 1923 с. Среднеазиатскай диэн ааттаммыт. Аны 1960 с. Ташкентский университет имени В.И.Ленина диэн буолбут.
Университеты бүтэрэн кэлэн Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар биир сыл директордаан баран, Семен Иванович 1952 с. Москваҕа ССРС НА иһинэн үлэлиир Н.Н.Михлухо-Маклай аатынан этнография институтугар аспиранынан киирбит. Үс сыл устата Москва куоракка ситиһиилээхтик үөрэнэн, дьарыктанан 1955 с. «Основные этапы этнической истории вилюйских якутов» диэн темаҕа кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Кини ити үлэтин бэлэмнииригэр биллэр советскай этнограф ученайдар Б.О.Долгих уонна С.А.Токарев салайбыттара. 1955-1982 сс. Саха сиринээҕи история, тыл уонна литература (Билигин Гуманитарнай чинчийии) институтугар научнай үлэһитинэн сылдьан сахалар, эбээннэр. эбэҥкилэр олохторун, фольклордарын үөрэппитэ, элбэх экспедицияҕа сылдьыбыта. 100-чэкэ научнай үлэлэри, үгүс ыстатыйалары бэчээттэппитэ. «Эвены и эвенки юго-восточной Якутии» (1964с.), «Происхождение народа саха» (1995с.), «Обычаи народа саха» (1996с.) монографиялар автордара.
Экспедиция кэмнэригэр |
Кини хотугу омуктар бэйэлэрин хаан уратыларын, тылларын-өстөрүн, үтүө үгэстэрин, култуураларын сыныйан үөрэппит киһи буолар. Ол курдук, Семен Иванович улахан үөрэхтээх, дириҥ энциклопедическай билиилээх, олоххо баар көннөрү көстүүлэртэн саҥа научнай өйдөбүллэри булан таһаарар аналитическай өйдөөх киһи этэ. Кини олоҕун идеята, чахчы итэҕэйбит сыала-соруга «кырдьыгы этиэм суоҕа дуо?» диэн этэ. (В.А.Босиков - Россия, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах гражданина). Кини үрдүк гражданскай позициялаах, суобастаах, чиэһинэй киһи этэ. (М.С.Воронкин филол. наука д-ра, профессор, СР наукатын үтүөлээх деятелэ).
С.И.Николаев-Сомоҕотто 1958с. Өлүөхүмэттэн төрүттээх, педагог идэлээх Сафонова Варвара Николаевнаны кэргэн ылбыта, икки кыыс оҕоломмуттара.
Семен Иванович Николаев-Сомоҕотто өссө ааспыт үйэ 60-с сылларыттан олоххо-дьаһахха туһалаах боппуруостары туруорсубута уонна олоххо киллэрсибитэ:
1.Биһиги бытархан тымныыбытыгар сөптөөх ичигэс атах таҥаһын, истээх таҥаһы тигэр этиилэри киллэрбитэ. Ол олоххо киирэн тыстан тигиллибит атах таҥаһын кэтэбит. Ол кэмҥэ түүлээҕи таҥнар бобуулаах этэ.
2.Бултанар түүлээҕи барытын государствоҕа туттарбакка бэйэ туһанарыгар туруорсубута. Ону правительство өйөөн, иккис сортаах эбэтэр брактаммыт түүлээх тириитин республикаҕа хаалларан оройуоннааҕы комбинаттар нэһилиэнньэҕэ тигэр буолбуттара.
3. Саха аһа остолобуойдарга, рестораннарга бэлэмнэммэт этэ. Сахалыы астааһын рецебин оҥорбута. Билигин сахалыы астаах ресторан куоракка толору.
Кини элбэх научнай публицистическай, сороҕор мөккүөрдээх ыстатыйалары бэчээттэппитэ, ис киирбэх тыллаах хоһооннору суруйара, онтон сорохторо ырыа буолан ылланаллар. Ону таһынан оҕолорго анаан «Пипи-пиип» (1969), «Байанай эмэгэтэ уонна уолчаан», «Үгэстэр сайылыктара» (2013) диэн кинигэлэрдээх.
Ньурба улууһун Акана нэһилиэгиттэн бастакы учуонай, педагог, критик, публицист, суруйааччы Семен Иванович Николаев-Сомоҕотто эйэҕэс-сайаҕас майгыта, үөрэххэ, үлэҕэ дьулуура оҕолоругар, ыччаттарыгар, аймахтарыгар салҕаныа, доҕотторугар умнуллуо суоҕа.
Ефремова Л.В.
С.И.Николаев-Сомоҕотто
Сомоҕотто бу кинигэлэрин биһиги библиотекабытыгар ааҕыаххытын сөп:
Комментариев нет:
Отправить комментарий